Герои нашего времени. ВИДЕО

0 472

Мегинский улус, Республика Саха(Якутия).

Үрүҥ халааттааах аанньалларбыт быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны уустук кэмҥэ дьон доруобуйатын туһугар охсуһан, күнүстэри-түүннэри түбүгүрэн, үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Бүтүн аан дойдуга сабардаабыт COVID-19 ыарыыны утары, бу вирус тарҕаныытын утары дьоҥҥо эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытарга уонна ыалдьыбыт дьону эмтииргэ ураты сорук туруорунан бары бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Инфекционнай отделение аһыллыаҕыттан быраастар, медсиэстэрэлэр, алын сүһүөх медицинскэй персонал бары дьиэлэриттэн тэйиччи сылдьан, баахта ньыматынан үлэлээбиттэрэ иккис ыйыгар барда.

Сыстыганнаах ыарыыны уодьугуннааһыҥҥа бүгүҥҥү күҥҥэ күнүстэри-түүннэри 33 быраас, 62 орто, 33 алын сүһүөх медперсонал, 17 санитарнай тырааныспар суоппардара хабыллан үлэлииллэр.

Улууспутуттан биһиги медиктэрбит атын сирдэргэ командировкаҕа ыҥырыллан, үтүө суобастаахтык үлэлээтилэр. Ленскэй оройуонугар Чайыҥдаҕа хирург Тимур Владимирович Алексеев, суһал көмө биэлсэрэ Николай Васильевич Алексеев, Дьокуускайга терапевт быраас Аина Александровна Григорьева, медсиэстэрэ Анастасия Николаевна Игнатьева, санитарка Мотрена Васильевна Дмитриева баран үлэлээтилэр.

Коронавируһу утары охсуһууга, ыалдьыбыт дьон эмтээһиҥҥэ үгүс медицинскэй үлэһит кыттыһар. Манна инфекционнай отделениеларга үлэлээбит быраастартан, сиэстэрэлэртэн, санитаркалартан саҕалаан суһал көмө, клиническэй лаборатория, Роспотребнадзор, Санэпидстанция үлэһиттэригэр тиийэ бэйэлэрин хайысхаларынан эбээһинэстэрин уталыппакка, кэмигэр толороннор түмсүүлээхтик үлэлииллэр.

Коронавирустан ураты балыыһа күннээҕи үлэтэ тохтообот. Ол курдук, ыалдьыбыт дьону дьиэлэринэн сылдьан көрөөһүн, стационарга киллэрэн эмтээһин, онкологическай ыарыһахтарга дневной стационар, акушерство уонна гинекология медицинскэй өҥөтө барыта оҥоһулла турар. Бэс ыйын 18 күнүттэн быйыл үөрэххэ туттарсааччы оҕолору медицинскэй көрүүнэн хабыы саҕаланна, саҥа үлэлии киирэр үлэһиттэр медицинскэй көрүүлэрэ эмиэ ыытыллар. Бу профилактическай үлэ элбэх киһини биир сиргэ муспат сыаллаах график быһыытынан ыытыллар.

Үрүҥ халааттаах аанньалларбыт олохтоохтору дьиэлэригэр олороллоругар, бэйэлэрин харыстана, сэрэхтээх буолалларыгар сүбэлииллэр, этэҥҥэ, чэгиэн сылдьалларыгар баҕараллар.


«В Херсоне ад. На балконах вывешивают белые флаги»: "Херсонское Сопротивление"

Херсон столкнулся с настоящим «адом» после прорыва российских вооруженных сил у Антоновского моста. Об этом информирует Telegram-канал «Военкоры Русской Весны», ссылаясь на слова Сергея...

Стихийная тяга к майдану

Особенности развития внешнеполитических процессов последнего десятилетия привели к концентрации внимания российского общества на Украине. Часто это приводит к комическим ситуациям. Весь...